678440, с. Саскылах, ул. Октябрьская, 19/1
Версия для незрячих
  1. Медиа
  2. Новости
  3. Иван Васильевич Мигалкин сырдык аата Анаабыр олохтоохторугар

Иван Васильевич Мигалкин сырдык аата Анаабыр олохтоохторугар

Июль 6, 2024 Просмотров: 77
СР Суруйааччыларын сойууьун бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууьун чилиэнэ, норуодунай бэйиэт, тылбаасчыт, о5о суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин уьун, ыарахан ыарыы кэнниттэн, бу дьыл ыам ыйын 24 кунугэр олохтон барбыта, номнуо 40 хонуга буолан ааста. 
Биьиги Анаабырбыт улууьугар чулуу бэйиэт иккитэ кэлэн ыалдьыттаан барбыта. 
Биллиилээх суруйааччы 2019 с. биьиги улууспутугар кэлэ сылдьар кэмигэр, кииннэммит библиотека ке5улээьининэн оскуола уерэнээччилэригэр  анаан республиканский "Якутия - наш общий дом" диэн хоьоон куонкурус ыытыллыбыта. Дьууллуур субэ бэрэссэдээтэлинэн Иван Васильевиьы ынырбыппыт. Суруйааччы олус се5ен-махтайан, кыттыылаахтарга бэйэтин утуе субэтин уонна э5эрдэтин эппитэ. Бу тугэни уйэтитэн, тумуккэ бары хаартыска5а туспуттэрэ. 
Иван Васильевич Мигалкин сырдык аата Анаабыр олохтоохторугар, айар-тутар дьонугар уйэлэргэ сыдьаайа туруо5а.